Без рубрики

АТАМАЙБЫТ ТӨРӨӨБҮТ КҮНЭ

Алтынньы 20 күнүгэр Атамай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 131 сылыгар аналлаах Тапталлаах бөһүөлэкпит, дойдубут Атамайбыт төрөөбүт күнүн бэлиэтиир сааһыгар  уонна «СИТИМ» общественнай тэрилтэ тэриллибитэ үбүлүөйдээх 1️5 сылыгар аналлаах тэрээһин олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Сарсыарда 10:00 — ОО «СИТИМ» тэриллибитэ 1️5 сылыгар аналлаах «Атамайым инникитэ» дьылабыай оонньуу үөрүүлээх арыллыыта ыытылынна. Уопсайа оонньууга 5 киһилээх, 5 хамаанда кыттыыны ылла. Атамай нэһилиэгин МО баһылыгын Айсен Егорович Павлов эҕэрдэ тыла, Атамай нэһилиэгэ  сайдарын — кэҥиирин туһугар үлэлэспит, бэйэ кылаатын киллэрбит дьонугар К.М.Васильеваҕа уонна Т.А.Павловаҕа, Горнай улууһун МР аҕа баһылыгын Н.В. Андреев аатыттан махтал сурук туттарылынна. Ону таһынан, ОО «СИТИМ» салайааччыта Татьяна Афанасьевна Павлова 15 сыл иһигэр ыытыллыбыт үлэлэри сырдатта, тэриллиитигэр үлэлээбит-хамсаабыт дьонугар, грант кыайыылаахтарыгар махтал сурук, сэмэй бэлэх туттарылынна. Салгыы 14:00 «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн түөлбэ икки ардыларынааҕы күөн күрэстэр ыытылыннылар, ол курдук :

  • «Скатерть самобранка» — дьон-сэргэ сайын дьаарбаҥка — быыстапката;

Түмүк

▫️»Эрчим» түөлбэ — II место

▫️»Үрдэл» түөлбэ — I место

▫️»Кэскил» түөлбэ — III место

  • «Осенний джаз» — фотозона күрэҕэ.

Түмүк

▫️»Эрчим» түөлбэ — I место

▫️»Үрдэл» түөлбэ — III место

▫️»Кэскил» түөлбэ — II место

  • Культурнай чааска хас түөлбэ аайыттан эҕэрдэ (концертнай) нүөмэрдэр

1 ылбаҕай ырыа, Түмүк

▫️»Эрчим» түөлбэ — I место

▫️»Үрдэл» түөлбэ — III место

▫️»Кэскил» түөлбэ — II место

«Флешмоб” тэтимнээх хамсаныылардаах үҥкүү,Түмүк

▫️»Эрчим» түөлбэ — I место

▫️»Үрдэл» түөлбэ — III место

▫️»Кэскил» түөлбэ — II место

  • Тыҥааһыннаах 4 түһүмэх кэннэ,

1 миэстэ — «Эрчим» түөлбэ,  2 миэстэ — «Кэскил» түөлбэ, 3 миэстэ «Үрдэл» түөлбэ. Кыайыылаах «Эрчим» түөлбэҕэ күөн күрэс түмүгүнэн түөлбэтигэр БААЛ эбилиннэ. Ону сэргэ, «Бэһиэлэй эстафета» спортивнай күрэх. Хамаанда 6 киһиттэн турбута. Күрэх түмүгүнэн

▫️»Эрчим» түөлбэ — I место

▫️»Үрдэл» түөлбэ — III место

▫️»Кэскил» түөлбэ — II место

Кыттаачылар грамотанан уонна мэдээлинэн наҕараадаланнылар.

Добавить комментарий